Быйыл 10 төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Сахалыы дьыктаан" аахсыйаҕа Өлтөх нэһилиэгэ көхтөөхтүк кытынна.
Олунньу 13 күнэ Саха сирин үрдүнэн төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. Бу күн 1996 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрисидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ «Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн» биллэриллибитэ.
2014 сылтан үгэскэ кубулуйбут Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбүрсүтүөт уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыытар сахалыы дьыктааны суруйуу аахсыйа Бэйдиҥэ бибилэтиэкэтигэр буолан ааста.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, аата да этэрин курдук, оҕоҕо, ыччакка кэрэни, сырдыгы, үйэлээҕи саҕар соруктаах үлэлиир.
Олунньу 13 күнүгэр оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах "Таптыыр сахам тылынан..." өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан Бэйдиҥэ библиотекатыгар буолла.
Саха Сирин бастакы Президена М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран,С.А.Новгородов төрөөбүт күнэ - олунньу 13 күнэ - Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Сахабыт тыла баай, кэрэ, хомоҕой. Төрүт тылбытын үөрэтиэххэ, умнумуохха, харыстыахха.
Страница 7 из 38