Известные силачи

     Көстүүн наһаа сэһэннээх-кэпсээннээх буолара. Эдэригэр элбэхтэ таһаҕас таһыытыгар сылдьара, ол сырыыларга биирдэ, биир билбэт киһитэ бэрдимсийэн, «Маста сүгэн аҕалан, бу чаанньыгы оргутан кулу», диэн соруйбут. Онуоха Көстүүн биир бэрибэнэни сүгэн аҕалан, дьиэ таһыгар хаалларан баран, соруйбут киһитэ кэтэҕэриин ороҥҥо кэтэх тардыста сытарын туруору тарпыт. “ Били эппит маскын а5аллым, ону быһыта сынньан уотта отун», - диэн төттөрү бэйэтин соруйбут.

     Ыарахан күүстээх үлэҕэ сылдьыбыт буолан, Матырыас илиитигэр олус күүстээҕэ үһү. Сэрии кэмигэр эр дьон үлэтигэр, маһы-оту бэлэмнээһиҥҥэ, тиэйии- таһыы үлэлэригэр сылдьыбыта. Күүстээх – уохтаах кыахтаах кыыс ыһыахтарга дьахталларга тустан, кыайталыыра үһү.

     Петр Иванович – Бүөтүрүмээн олус кыанар, сытыы- хотуу эбит. Дьон кэпсииринэн, Бүөтүрүмээн сэргэ үрдүгэр тахсан, аҥар илиитинэн стойка биэрэрэ, уһун ураҕаһы буорга тирээн баран, икки илиитинэн тутуһан, корпуһунан былаах тэбэр эбит. Уолаттары кытта араас киирсиилэргэ, икки илиитинэн охсуһа сылдьан, кэлин атаҕынан кэннигэр баар киһини тэптэҕинэ сүүстэн атыҥҥа тэппэккэ охтороро дииллэр. Хапталаах алааска тула күрүө иһигэр биэни сылатан тутан, бас быатын баайбытын эмиэ кэпсииллэрэ. Кыанар сытыы-хотуу киһи буолан, холкуоһугар үксүн ыраах Ааллаах Үүҥҥэ айаҥҥа, таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта.

     Былыр биирдиилээн олордоххо, хотоҥҥо угаардаан өлө сытар көлүүр оҕуһун таһырдьа соһон таһааран, иһэн аан боруогар иҥиннэрэн, үс үөстээх кирис өтүүнү быһа тардан кэбиспит. Ону аҕата оҕонньор көрөн туран, куһаҕан киһи күүһүрбүтэ хаарыан өтүүнү хааллардаҕын диэн оҕуһунааҕар өтүүтүн ордук аһыйбыта диэн номох баар.

     Дьахталларга да күүстээхтэр да бааллара. Маайа өҕүрүөмэр бургунаһы сүүскэ охсон тиэрэ биэрээт, дьиэтигэр соһон киллэлэрэрин үлэ, тыыл бэтэрээнэ Яков Николаевич Артамонов ахтан аһарбыт. Мария Степановна эр дьону кытта мас тардыһан көннөрү күүһүмсүйэр, таах туруорута тардан ыларын бэлиэтииллэр.

Елена Николаевна бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит күүс- уох өттүнэн кыаҕа бэрт буолан, сайыҥҥы ыһыахтарга дьахталлар тустууларыгар уонна мас тардыһыытыгар Майаҕа, Төҥүлүгэ, Алаҕарга, Бахсыга кыайталыыра үһү. Кыанар да буолан сүгэнэн мастаан үс саһааны туруорар, балтараа гааны мунньар баабый үлэһитинэн биллэрэ.

     Сааскы халтарааҥҥа оҕуһа кыайбатах отун бэйэтэ сыыры өрө соһон таһаарбыт. Күһүн хомус быыһыгар ууга түспүт биэтин ким да көмөтө суох таах хоҥнору тардан ылбыт. Ыалдьан өлөөрү сытан, тыынын былдьаһан оронун сыҥаһатыттан харбаабыта, тарбаҕын суола олорон хаалбытын эмээхсинэ сөҕөн бэркиһээн кэпсиирэ.