Елена Николаевна бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит күүс- уох өттүнэн кыаҕа бэрт буолан, сайыҥҥы ыһыахтарга дьахталлар тустууларыгар уонна мас тардыһыытыгар Майаҕа, Төҥүлүгэ, Алаҕарга, Бахсыга кыайталыыра үһү. Кыанар да буолан сүгэнэн мастаан үс саһааны туруорар, балтараа гааны мунньар баабый үлэһитинэн биллэрэ.