Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн биллэриллибит, Ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит олонхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар – иҥэрэр сыаллаах «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа буолла. Өлтөх нэһилиэгэ бу аахсыйаттан хаалсыбата, сэтинньи ый 25 күнүгэр дьыктааны Бэйдиҥэ олохтоох библиотеката тэрийэн ыытта.
Аахсыйаҕа сааһыттан, идэтиттэн уонна үөрэҕиттэн тутулуга суох баҕалаах дьон кытыннылар. Уопсайа барыта 21 киһи суруйда.
Дьыктаан тиэкиһэ П. П Ядрихинскай — Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхотуттанн ылылынна.
Бары кыттыбыт дьоҥҥо, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо дьыктаана – 2026 аахсыйаҕа кыттыбытын туһунан туоһулуур сурук (сертификат), онтон “Бастыҥтан бастын суруксут” – Винокурова В.Г., «Бастыҥ суруксут»- Местникова И.С., «Үчүгэй суруксут»- Неустроева П.М. добун суруктар туттарыллынна.



