Исторические события
Өлтөх нэһилиэгэ Өнөр Өлтөх Өркөн Быраайы диэн ойуун уолун 7 ыччаттаммытыттан үөскээн-тэнийэн төруттэммит эбит. Өркөн Быраайы ойуун сэттэ уолун сэттэ аҥыы сирдээн-уоттаан, дойдулаан-олохтоон кэриэс этэн өлбүт. Ол кини анаталаабытынан Кэссиэ Сэргэдэм, Ойуун Уһуйуоп (кини уола Акаас), Ньиһэҥэ Болтоҥо, Сэһэн Кээтир, Баараҕай Бахсы, Нуокуй Мэнээк, Кэлэҕэй Кэччир диэн уолаттартан икки Өлтөххө уруккунан 7 аҕа ууһа олохтоох, дойдулаах буолан олороллор.
Ханнык баҕарар нэһилиэк, улуус сүгүрүйэр, ытыктыыр кырдьаҕастардаах, астынар – сэргиир, күөн туттар дьонноох - сэргэлээх. Биһиги нэһилиэккэ былыр – былыргыттан уос номоҕор киирбит, сэһэн буолбут албан ааттаах, үтүө сурахтаах дьон үгүс этилэр. Ол дьону көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тириэрдэн, эмэн киһи эдэригэр кэпсээн билиҥҥи кэмҥэ дылы илдьэ кэллэхтэрэ.
Былыр-былыргаттан Өлтөх сирэ олоҥхоһуттар түөлбэлэринэн аатырара. Бэйдиҥэҕэ аатырбыт олоҥхоһут Говоров Дмитрий Михайлович – олоҥхоһут Миитэрэй олорон, үөскээн ааспыта. Кини киэҥник биллэр олоҥхото “Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө” кинигэнэн 1938 сыллаахха тахсыбыта. Нөҥүө сылыгар кинини ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн ылбыттара. Бу олоҥхо 2010 сыллаахха үс омук тылынан Олоҥхо ассоциациятын бэрэссэдээтэлин редакциятынан бэчээттэнэн тахсыбыта кини өлбөт-сүппэт үйэлээҕин кэрэһэлиир.
- Категория: Исторические события
- Просмотров: 835