изображение_2024-04-19_112850339.png

           Ханна да буоларын курдук, тон сири тобулу анньан, саас аан маҥнайгынан ньургуһун сибэкки тыллар. Бастакы ньургуһунна биһиги – сахалар, ырыаҕа ылланарын курдук, сүрдээҕин сүгүрэйэбит.

Сааскы бастакы сибэкки  туһунан элбэх хоһоон, ырыа айыллар. Ордук биһиэхэ, тыйыс кыһыннаах Саха сирин олохтоохторугар ньургуһун –  олохпут инникигэ эрэлин, кэрэ кэхтибэт күүһүн туоһута. 

      Саха сиригэр ньургуьун 5 көрүҥэ баар. Кини өҥө араас буолар.  Сибэкки  өҥө почва састаабыттан тутулуктаах буолар эбит.

      Өбүгэлэрбит былыр былыргыттан ньургуһуну эмкэ тутталлара. Маныаха сибиэһэйдии ата илик ньургуһуну хомуйан, испииргэ настойкалаан сүһүөх ыарыыларыгар, онтон хатаран баран сөтөлгө, астмаҕа, куртах ыарыыларыгар туһалааҕын бэлиэтииллэр. Ол эрээри,  эмтэнээччи тутаах быраабыланы өйдүөх тустаах.

       Тоҥ буору тобулан тахсар бастакы сибэккибит Кыһыл кинигэҕэ киирбит буолан, дьон-сэргэ болҕомтолоох  сыһыанын  эрэйэр.