Хомус диэн ааттыын даҕаны, оҥоһуутунан даҕаны киргиз, казах, тува, алтай омуктарга баар инструменнарга олус маарынныыр.Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, биһиги өбүгэлэрбит Лена сүнньүн булуохтарын иннинэ ити омуктары кытта ыксалаһан олорбуттар. Хомус билигин норуот духовнай культуратын байытар национальнай музыкальнай инструмент буолар.Хомус көрүөххэ бэрт борустуой эрээри, кыаҕа улахан, тыаһа нарын-намчы, музыката дьикти-кэрэ, хоhооно хомуһуннаах. Киһини кытта кыттыһан, киһи тыынынан тиллэн оонньуур буолан, хомус киһилии кэпсиэн, саҥарыан, үөрүүнү үрдэтиэн, мунчаарбыты уоскутуон, ыалдьыбыты эмтиэн сөп. Ол иһин хомусчут хомуһун кытта холбоон, дууһата долгуйан, иэйиитэ киирэн, имэҥирэн оонньоотоҕуна, хомус дорҕооно дьоһунтан-дьоһун тойук, нарынтан-нарын куолас, ыраастан-ыраас ырыа буолан салгын устун намылыйа устан, хайа да дойду дьонун кутун тутар, дууһатын долгутар, сүрэҕин үөрдэр. Сахаларга хомус үс араастара бааллара биллэр. Мас хомус, икки тыллаах тимир хомус уонна биир тыллаах хомус.

      Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан Саха Өрүспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ сэтинньи ый 30 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу күн чэрчитинэн Бэйдинэ орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэригэр кылаас чааһа ыытылынна.  Хомуска оонньуурга үөрэтиэх иннинэ хомус хайдах уһаарыллан тахсарын, кылгас устуоруйатын билистилэр. “Алыптаах Хомус» Василена, Марфа Шариналар таһаарбыт кинигэлэрин куар кодунан хартыына тыыннаах буолан көстөрүн, оҕолорго хомуска хайдах охсорго үөрэх көрдүлэр. Хомуһу тардарга үөрэннилэр. Элбэҕи билэн оҕолор махтанан тарҕастылар.

изображение_2023-11-29_182700110.png         изображение_2023-11-29_182739803.png         изображение_2023-11-29_182822644.png