Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө Өлтөх нэһилиэгин Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр "Саха сандалы остуола! диэн түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэх ыытылынна.
Түөлбэ олохтоохторо бу күн түмсүүлээхтэрин көрдөрөн, тупсаҕайдык тардыллыбыт сүргэни көтөҕөр толору баай астаах сахалыы араас эгэлгэ көрүҥүнэн сандалы остуолу тардан сүрдээх тэрээһиннээхтик кыттыыны ыллылар. Сандалы остуоллары кэпсээн көмүскээтилэр "Кэскил" түөлбэттэн Любовь Павловна Стручкова, "Эрчим" түөлбэттэн Елена Викторовна Сивцева, Анна Борисовна Колосова, "Туйма" түөлбэттэн Оксана Васильевна Прокопьева, "Сайылык" түөлбэттэн Прасковья Петровна Попова. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Шепелева Зоя Иннокентьевна, Сивцева Елена Иннокентьевна, Соловьева Люция Ивановна уонна Маркова Римма Дмитриевна. Күрэх түмүгүнэн Прасковья Николаевна Татаринова салайааччылаах "Кэскил" түөлбэ 1 миэстэ, Оксана Васильевна Прокопьева салайааччылаах "Туйма" түөлбэ 2 миэстэ, Максим Иванович Андросов салайааччылаах "Эрчим" түөлбэ 3 миэстэ буоллулар ону таһынан Туйара Петровна Сыроватская салайааччылаах "Сайылык" түөлбэ туоһу суругунан наҕараадаланна.
Ону тэҥэ биирдиилээн дьоҥҥо Евдокия Михайловна Неустроева "Өркөн өй, Иван Иннокентьевич Румянцев "Ырыаны таай" оонньуулары ыытан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
Кэнэҕэһин да маннык көхтөөхтүк кыттыыны ыларгытыгар баҕарабыт. Бары кыттыбыттарга барҕа махталбытын биллэрэбит.