Өлтөх сириттэн Улуу сэрии уотугар 188 киһи ыҥырыллан 71 буойун геройдуу охтубуттара, 79 саллаат Кыайыы кынаттан эргиллибиттэрэ, 38 киһи үлэ фронугар кыттыбыттара. Нэһилиэктэн Аҕа дойду сэриитин I-II степеннээх орденнарынан 27 киһи, Кыһыл Сулус орденынан 4 киһи, Албан Аат III степеннээх орденынан 3 киһи наҕараадаламмыттара. Тыылы бөҕөргөтөр үлэҕэ турууласпыт 309 киһи «1941-1945 сылларга килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн бэлиэтэммиттэрэ.

Бессмертный полк Ольтехского наслега 

Кинилэр Кыайыыны уһансыбыттара.

Өлтөх нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриититтэн эргиллэн кэлбит буойуттар.

Аҕабыт, эһээбит Сэрии Жирков Гаврил Николаевич сырдык кэриэһигэр аныыбыт.

Киэн туттар киһибит эһээбит, сэрии бэтэрээнэ Шепелев Иннокентий Степанович

Сэрии бэтэрээнэ Винокуров Алексей Федорович

Сэрии бэтэрээнэ Винокуров Иван Егорович.