Төлкөлөөх төрүт ийэ тылын иҥэн-тоҥон билэр, иэйиилээхтик суруйар, саха норуотун муудараһын, баай култууратын дириҥник өйдүүр талааннаах оҕо суруйааччыта, лиирик поэт Гавриил Григорьевич Вешников – Баал Хабырыыс быйыл төрөөбүтэ 115 сыла.
Айар үлэ Баал Хабырыыска саамай таптыыр, ис сүрэҕиттэн тардыстан ылларбыт идэтинэн буолбута. Кини хоһоонноро судургулар, лоп-бааччы кэпсэтэн эрэрдии истиҥнэр итиэннэ ыраас санаанан суруллубут буоланнар, ааҕааччыга тиийимтиэлэр.
Отучча кинигэни сахалыы, нууччалыы тылларынан бэчээттэтэн, баай литературнай нэһилиэстибэни хаалларбыта.
Поэт олоҕун, айар үлэтин туһунан 2 кылаас үөрэнээччилэрэ билистилэр. «Аччыгый атастарбар” диэн кинигэтиттэн хоһооннору аахтыбыт. Таабырын хоһоонорун таайыстыбыт. Оҕолор элбэҕи билэн, ааҕан, бэйэлэригэр туһалааҕы ылбыттарын бэлиэтээтилэр.